3 «АЙЫЫ ТОЙОН! Алдьархайга ылларан Эйигин ыҥырбыппар Эн миэхэ хардардыҥ, Анараа дойду түгэҕиттэн үөгүлээбиппэр иһиттиҥ!
Айхаллааҥ Айыы Тойону, бары норуоттар, уруйдааҥ Кинини, бары омуктар!
Кини биһиэхэ таптала муҥура биллибэт күүстээх, Айыы Тойон кырдьыга өлбөт үйэлээх. Аллилуия.
Дабайыы ырыата. Хайалар диэки үөһэ көрөбүн – хантан эрэ миэхэ көмө кэлэр?