13 Ол үрдүнэн муораһыттар харса суох кытыл диэки эрдэ сатаабыттара да, сири кыайан булбатахтара: силлиэ эбии сэтэрэн иһэрэ.
Хайдахтаах да улуу муударас, өркөн өй, өйдөөх сүбэ-ама Айыы ТойонУ утарар күүһэ суох.
Онуоха Иона эппитэ: «Миигин ууга ылан быраҕыҥ, оччоҕо муора уоскуйуо. Бу үлүгэрдээх буурҕаҕа эһиги мин туспуттан түбэспиккитин билэбин».
Дьэ онно кинилэр АЙЫЫ ТОЙОНУ ыҥыран ааттаспыттара: «АЙЫЫ ТОЙОН, Эн бука диэн биһигини бу киһи өлүүтүгэр буруйдаама! Ыраас киһи хаанын тохтугут диэн, биһигиттэн ирдээмэ! Эн АЙЫЫ ТОЙОҤҤУН эбээт, Бэйэлээх Бэйэҥ оҥорууҥ итинник эбит!»