8 Маныаха ыаллара уонна урут кини хараҕа суоҕун билэр дьон: «Бу били умналыы олорор киһибит буолбат дуо?» – диэн дьиибэргээбиттэрэ.
Иерихоҥҥа киирбиттэрэ. Кини үөрэнээччилэрин уонна да атын элбэх дьону кытта Иерихонтан тахсан истэҕинэ, Тимей уола Вартимей, хараҕа суох умнаһыт, суол кытыытыгар олороро.
Ыаллара уонна аймахтара Айыы Тойон киниэхэ хайдах курдук амарахтык сыһыаннаспытын истэн, кинилиин тэҥҥэ үөрсүбүттэрэ.
Иисус Иерихоҥҥа чугаһаан истэҕинэ, суол кытыытыгар хараҕа суох киһи умналыы олороро.
«Кини», – дииллэрэ сорохтор. «Суох, көннөрү маарынныыр эрэ», – атыттар саарбахтыыллара. Оттон кини бэйэтэ буоллаҕына дьоҥҥо: «Бу мин ээ», – диирэ.
Онон иккиэн бииргэ айаннаан Вифлеемҥэ тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэр кэлиилэрэ куоракка улахан аймалҕаны таһаарбыта. Дьахталлар: «Айыбыын, ама ити Ноеминь буолуо дуо?» – дэһэллэрэ.