40 Кини аттыгар турбут сорох фарисейдар маны истэн: «Ама биһиги эмиэ хараҕа суох үһүбүт дуо?» – дэспиттэрэ.
Фарисейдар маны истэн: «Бүтүн бэйэҥ аньыыга-хараҕа булкуллан төрөөн баран, өссө биһигини үөрэтэ тураҕын дуо?» – диэбиттэрэ. Уонна үүрэн кэбиспиттэрэ.
«Хараҕа суоххут эбитэ буоллар, аньыыга киириэ суох этигит, – диэбитэ Иисус. – Ол гынан баран эһиги билигин көрөбүт диигит, онон аньыыгыт бэйэҕитигэр хаалар».
„Баайбын, дэлэйдик олоробун, аны туохпунан да тутайбаппын“, – дэнэҕин даҕаны, дьиҥэр, дьоло суоххун, муҥнааххын, дьадаҥыгын, хараҕа суоххун, сыгынньаххын билбэккин.