Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 9:38 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

38 «Тойонуом, итэҕэйэбин!» – диэн саҥа аллайа түһээт, киһи Киниэхэ сүгүрүйбүтэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 9:38
10 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Уолугар эһиги сүгүрүйүҥ – Кинини кыыһырдан суолга быстарбат туһугар, бэрт сотору Кини уора-кылына уоттуу оргуйуоҕа. Киниэхэ эрэнээччилэр бука бары дьоллоохтор.


«Чуумпуруҥ! Билиҥ: Мин Таҥарабын! Мин уруйданыам норуоттар ортолоругар, уруйданыам бүтүн сир үрдүнэн».


«Дьиҥ чахчы Эн Таҥара Уолаҕын!» – оҥочоҕо олорооччулар бука бары Киниэхэ сүгүрүйбүттэрэ.


Кинилэр, Иисуһу көрөн, сөһүргэстээн туран Киниэхэ сүгүрүйбүттэрэ, оттон сорохторо саарбахтаабыттара.


Үөрэнээччилэргэ биллэрэ баран истэхтэринэ, эмискэ Иисус утары көрсөн: «Үөрүҥ-көтүҥ!» – диэн эҕэрдэлээбитэ. Дьахталлар сүүрэн кэлэн, Кини иннигэр сөһүргэстии түспүттэрэ, атаҕын кууспуттара.


Онно биир араҥ буолбут киһи тиийэн кэлэн, Киниэхэ сүгүрүйбүтэ: «Тойонуом! Баҕарыаҥ эрэ кэрэх, Эн миигин ырааһырдыаҥ этэ!»


Үөрэнээччилэрэ Киниэхэ сүгүрүйэн баран, улуу үөрүүнү үөрэн, Иерусалимҥа төннөн кэлбиттэрэ.


«Айыы Тойонум, Таҥарам!» – диэбитэ Фома.


Иисус эппитэ: «Мин бу аан дойду дьүүллэнэрин – көрбөт дьон көрөр буолалларын, көрөр дьон көрбөт буолалларын туһугар кэлбитим».


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ