58 «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – Мин, Авраам төрүөн инниттэн, баарбын».
Иисус кинилэргэ эппитэ: «Эһиэхэ эппитим даҕаны, эһиги итэҕэйбэккит. Аҕам аатынан оҥорор дьайыыларым Мин туспунан туоһулууллар.
Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.
Аны билигин, Аҕаа, Мин Эйиэхэ эрдэхпинээҕи, аан дойду айыллыан инниттэн баар килбиэмминэн Миигин албан аатырт.
Ол иһин аньыылаах-харалаах өлүөххүт диэн эттим. Өскөтө бу Мин буоларбын итэҕэйбэтэххитинэ, эһиги аньыылаах өлүөххүт».
Ол иһин эппитэ: «Киһи Уолун үөһэ таһаардаххытына, бу Мин буоларбын итиэннэ Бэйэбиттэн тугу да оҥорбоппун, Аҕам үөрэппитин курдук этэрбин билиэххит.
Иисус кинилэргэ эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: аньыыны оҥорор киһи барыта – аньыы кулута.
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин этэр тылбын толорор киһи хаһан да өлүө суоҕа».
Кини ким да, туох да инниттэн баар, Кини тугу барытын Бэйэтинэн ыпсарар-дьүөрэлиир.
Иисус Христос бэҕэһээ да, бүгүн да, үйэттэн үйэлэр тухары өрүү биир, уларыйбат.
Тугу көрөргүн барытын кинигэҕэ суруйан Асиятааҕы сэттэ сиэркэпкэ: Эфескэ, Смирнаҕа, Пергамҥа, Фиатираҕа, Сардиска, Филадельфияҕа уонна Лаодикияҕа – ыыт», – диэбитэ ол саҥа.
«Мин Альфабын уонна Омегабын, төрүппүн итиэннэ бүтэр уһукпун», – диир билигин да, урут да баар, кэлиэхтээх Айыы Тойон, Барытын Тутан Олорооччу.
Смирна сиэркэбин Аанньалыгар суруй: «Бастакы уонна Тиһэх, өлөн баран Тиллибит маннык этэр: