51 Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин этэр тылбын толорор киһи хаһан да өлүө суоҕа».
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу манна турааччылартан сорохторо Киһи Уола Ыраахтааҕы буолан кэлэрин көрө иликтэринэ, өлүөхтэрэ суоҕа».
Кини, Айыы Тойон Христоһун көрө илигинэ, өлүө суохтааҕын туһунан Сибэтиэй Тыынтан эрдэттэн билэр этэ.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Миигин таптыыр киһи Мин этэр тылбын толоруоҕа. Аҕам эмиэ кинини таптыаҕа, оччоҕо Биһиги бииргэ кэлэммит, киниэхэ дьиэлэниэхпит.
Кулут тойонуттан улахан буолбат диэн эппиппин өйдүү сылдьыҥ. Миигин сойуоласпыт буоллахтарына, эһигини эмиэ сойуолаһыахтара; Мин тылбын толорбут буоллахтарына, эһиги тылгытын эмиэ толоруохтара.
Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар.
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин этэр тылбын истэр, Миигин Ыыппыты итэҕэйэр киһи бараммат олохтоох; кини өлөр өлүүттэн туораан бараммат олоххо киирбит буолан, дьүүлгэ турбат.
оттон бу Халлаантан түһэр килиэп оннук буолбатах: бу килиэби сиир киһи өлүө суоҕа.
Иисус эмиэ норуокка туһаайан эппитэ: «Мин аан дойду сырдыгынабын. Ким Миигин батыспыт, ол хараҥаҕа сылдьыа суоҕа, олох сырдыгар сылдьыаҕа».
«Эн искэр абааһы киирбитин билигин дьэ биллибит! – иудейдар өрүкүнэспиттэрэ. – Авраам өлбүтэ, пророктар эмиэ өлбүттэрэ, Эн буоллаҕына „Мин тылбын толорор киһи өлөр өлүү диэни хаһан да билиэ суоҕа“ диигин.
Эһиги Кинини хаһан да билбэтэххит, оттон Мин Кинини билэбин. Билбэппин диирим буоллар, эмиэ эһиэхэ дылы сымыйаччы буолуом этэ. Ол эрээри Мин Кинини билэбин уонна Кини этэр тылын тутуһабын.
Итэҕэлинэн Енох эмиэ, өлөр өлүүнү көрсүбэккэ эрэ, үөһэ ылыллыбыта; «Таҥара көһөрөн ылбыт буолан, кинини булбатахтара». Суруйуулар туоһулуулларынан, Енох үөһэ ылыллыан инниттэн Таҥараҕа сөбүлэппитэ.
ол эрээри хас биирдии киһи туһугар Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн олоҕун толук уураары, Аанньаллартан быстах кэмҥэ намтатыллыбыт Иисус, өлөр өлүү сорун-муҥун тулуйбутун иһин, албан аакка, үрдүк чиэскэ тиксибитин көрөбүт.