3 Бу кэмҥэ сокуонньуттар уонна фарисейдар көссүүлэһэн тутуллубут дьахтары Киниэхэ аҕалан, ортолоругар туруоран баран:
Ирод ыраахтааҕы архиерейдары уонна норуот сокуонньут дьонун барыларын хомуйан олорон, Христос ханна төрүөхтээҕин ыйыппыта.
Сарсыарда эмиэ эрдэ Таҥара Дьиэтигэр кэлбитигэр норуот бүттүүнэ Киниэхэ тиийбитэ. Иисус олорон эрэ кэлбит дьону үөрэппитэ.
«Үөрэтээччи! Бу дьахтар көссүүлэһэн тутулунна, – диэбиттэрэ. –
Маны истэн кинилэр суобастара оонньоон, улаханныын-аччыгыйдыын биир-биир тарҕаһан хаалбыттара; соҕотох Иисус уонна ортоку турбут дьахтар эрэ хаалбыттара.
Бу уруккута хараҕа суох киһини фарисейдарга илдьибиттэрэ.
Кинилэр Апостоллары ортолоругар киллэрэн туран: «Бу туох күүһүнэн, ким аатынан эһиги итини оҥордугут?» – диэн ыйыппыттара.
Онон эрэ тыыннааҕар атын киһини кытта олорор буоллаҕына, көссүүлэспитинэн ааҕыллар; оттон эрэ өллөҕүнэ, ол сокуонтан төлөрүйэн, атын киһиэхэ эргэ бардаҕына да, көссүүлэспитинэн ааҕыллыбат.