29 Миигин Ыыппыт Аҕам Миигин кытта бииргэ баар. Мин өрүүтүн Кини сөбүлүүрүн эрэ оҥорорум иһин, Аҕам Миигин хаһан да соҕотохтуу хаалларбат».
Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»
Онуоха Иисус эппитэ: «Билигин маннык буоллун. Биһиги туохха барытыгар Таҥара көҥүлүн толоруохтаахпыт». Иоанн онуоха дьэ сөбүлэспитэ.
Дьэ онуоха Халлаантан: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум», – диир саҥа иһиллибитэ. 3
Ол эрээри бу аан дойду Аҕабын таптыырбын билэрин туһугар, Мин Аҕам Миэхэ тугу соруйбутун толоробун: туруҥ, мантан барыаҕыҥ.
Мин Аҕам ыйбытын толороммун Кини тапталыгар олорорум курдук, эһиги эмиэ Мин ыйбыппын толордоххутуна, Мин тапталбар олоруоххут.
Кэм-кэрдии уолдьаһан эрэр, хайыы-үйэ уолдьаста даҕаны: эһиги, Миигин соҕотохтуу хаалларан, хас биирдиигит бэйэҕит суолгутунан барыаххыт; ол эрээри, Мин соҕотох буолбатахпын, Миигин кытта Аҕам баар.
Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум.
Иисус эппитэ: «Мин аһылыгым Миигин Ыытааччы көҥүлүн толоруу уонна Кини үлэтин ситэрии буолар.
Мин Бэйэм көҥүлбүнэн тугу да оҥорор кыаҕым суох. Хайдах истэбин да, оннук дьүүллүүбүн, онон Мин дьүүлүм кырдьыктаах: Мин Бэйэм көҥүлбүн буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толорорго дьулуһабын.
Мин Бэйэм көҥүлбүн толоро буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толоро халлаантан түспүтүм.
Өскөтүн дьүүллүүр да буоллахпына, Мин дьүүлүм дьиҥнээх: Мин соҕотох буолбатахпын, Миигин Ыыппыт Аҕам Миигин кытта баар.
Айыы Тойон аттыбар буолан Кини тылын ситиһиилээхтик биллэрэрбэр күүс уган, мин хахай аһыытыттан быыһаммытым.
Айыы Тойон Иисус Христос эйигинниин бииргэ буолуохтун. Таҥара илгэлээх үтүөтэ эһигинниин эҥээрдэһиэхтин. Аминь.
Кини – биһиги туспутугар кыһаллар-мүһэллэр Архиерей – мөлтүүр-ахсыыр кэммитигэр биһигини аһынар-харыһыйар кыахтаах, Кини эмиэ биһиги курдук бары өттүнэн тургутууну ааспыта, арай атына диэн аньыыны-хараны оҥорботоҕо.
Дьэ бу маннык сибэтиэй, кыырпах да саҕа хара санаа сыстыбатах, эҥкилэ суох ыраас, аньыылаахтартан араарыллыбыт, халлааннар үрүт өттүлэригэр ылыллыбыт Архиерей биһиэхэ баар буолуохтаах этэ.
Оҕолоруом! Маны мин эһиэхэ аньыыны оҥорботуннар диэн суруйабын; оттон өскөтүн ким эмэ аньыыга киирдэҕинэ, биһиги туспутугар Аҕа иннигэр Көрдөһөөччү: Иисус Христос – Кырдьыксыт баар;
уонна Кини кэриэстэрин тутуһар, сөбүлүүрүн оҥорор буоламмыт, тугу баҕарар көрдөһөн, Киниттэн ылабыт.