Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 8:11 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

11 «Ким даҕаны, Тойонуом», – дьахтар хоруйдаабыта. «Мин эмиэ эйигин дьүүллээбэппин, – диэбитэ Иисус. – Чэ, дьиэҕэр бар уонна аны аньыыны оҥорума».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 8:11
27 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Аньыытын кистэнээччи туох да үчүгэйи көрүө суоҕа, оттон буруйун билинэн көнө суолга үктэнээччи үтүө сыһыаны көрсүөҕэ.


Суох диибин эһиэхэ: аньыыгытын билиммэтэххитинэ, бары итинник өлүөххүт.


Суох диибин эһиэхэ: аньыыгытын билиммэтэххитинэ, бары итинник өлүөххүт».


Эһиэхэ этэбин: аньыытын-харатын билинэр аньыылаах биир киһиттэн Таҥара Аанньаллара эмиэ оннук үөрэллэр».


Хата бу маннык хомойуох кэриэтэ быраатыҥ өлөн баран тиллибитигэр, сүтэн баран көстүбүтүгэр үөрүөххэ-көтүөххэ баар этэ“».


Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: ол курдук эмиэ аньыыны билинэргэ кыһаммат тоҕус уон тоҕус үтүө киһитээҕэр аньыытын билинэр аньыылаах биир киһиттэн Халлааҥҥа ордук үөрүөхтэрэ.


Мин үтүөлэри буолбатах, аньыылаахтары аньыыны билинэн Таҥараҕа эргиллэргэ ыҥыра кэлбитим».


Киһи Уола дьон дууһатын өлөрө кэлбэтэҕэ, быыһыы кэлбитэ». Онон атын дэриэбинэҕэ барбыттара.


«Мин Саарыстыбам бу дойду Саарыстыбата буолбатах, – Иисус хоруйдаабыта. – Бу дойду киэнэ эбитэ буоллар, дьонум Миигин иудейдарга биэрбэт туһугар туруулаһыа этилэр. Ол гынан баран Мин Саарыстыбам билигин манна буолбатах».


Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта.


Кэлин кинини, Таҥара Дьиэтигэр сылдьарын көрсөн Иисус: «Дьэ бу үтүөрэн чэгиэн буолан сылдьаҕын, – диэбитэ. – Аны аньыыны оҥорума – оҥордоххуна эйиэхэ итиннээҕэр куһаҕан буолуо».


Эһиги дьон куолутунан дьүүллүүгүт, оттон Мин кими да дьүүллээбэппин.


Эбэтэр, Таҥара үтүө санаата эйигин аньыыгын-хараҕын билинэргэр сирдиирин билбэт буолаҥҥын, Кини муҥура суох үтүө, уйугас сыһыанын, кэмэ суох тулуурун аанньа ахтыбаккын дуу?


Таска сылдьар туора дьону хайаан мин дьүүллүөмүй? Таһынааҕылары Таҥара дьүүллүүр. Оттон иһинээҕилэри эһиги бэйэҕит дьүүллүөхтээххит буолбатах этэ дуо? Онон «содур дьону бэйэҕит искититтэн туоратыҥ».


Уонна Айыы Тойоммут өр тулуйарын биһиэхэ быыһанар кыаҕы биэрэр дии саныыр буолуҥ; бу туһунан таптыыр бырааппыт Павел, Таҥара киниэхэ биэрбит муудараһын туһанан, эһиэхэ суруйбут суруктарыгар барытыгар этэр.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ