42 Христос Давид удьуоруттан, Вифлеемтэн, Давид төрөөбүт-үөскээбит сириттэн кэлиэ диэн Суруйууларга этиллибэтэҕэ этэ дуо?»
Тыһыынча сыл Эн хараххар бэҕэһээ ааспыт биир күн кэриэтэ, түүҥҥү аҕыйах чаас эрэ кэриэтэ.
Давидтаах Авраам удьуордарын Иисус Христос төрдө-ууһа:
«Кини Иудея Вифлеемигэр төрүөхтээх, – диэн хоруйдаабыттара. – Ол туһунан пророк кинигэтигэр бу курдук суруллан турар:
„Эн, Вифлеем, Иуда сирэ, Иуда атын куораттарыттан тугунан да итээбэтиҥ: Мин норуоппун, Израилы, быыһыыр-харыстыыр Сирдьит эйигиттэн үөскүөхтээх“».
бүгүн эһиэхэ, Давид куоратыгар, Быыһааччы – Христос Айыы Тойон – төрөөтө.
Иосиф эмиэ, Давидтан төрүттээх буолан, Галилея Назаретыттан Иудеяҕа баар Вифлеем диэн Давид куоратыгар
Ол гынан баран биһиги Кини Кимин, хантан сылдьарын билэбит, оттон Христос кэллэҕинэ, Кини хантан кэлбитин ким да билиэ суохтаах».