41 «Бу – Христос!» – диэбиттэрэ атыттар. «Христос Галилеяттан кэлэр үһү дуо? – сорохторо утарбыттара. –
Андрей убайын Симоны бастакынан булан ылан эппитэ: «Биһиги Мессияны (ол аата Христоһу) буллубут».
«Ол Назареттан туох эмэ үтүө тахсыан сөп үһү дуо?» – Нафанаил саарбахтыыр. «Бараҥҥын көр», – диэн хоруйдуур Филипп.
«Равви! – Нафанаил саҥа аллайа түһэр. – Эн Таҥара Уолунаҕын, Израиль Ыраахтааҕытынаҕын!»
Дьахтар эппитэ: «Мессия (ол аата Христос) кэлэрин билэбин. Кини кэлэн барытын биһиэхэ быһаарыа».
Онно киирэн дьоҥҥо: «Олохпор тугу гыммыппын барытын бэйэбэр этэн биэрбит Киһини баран көрүҥ, – диэбитэ. – Кини Христос буолбатаҕа буолуо дуо?»
онон дьахтарга этэллэрэ: «Билигин эн эрэ кэпсээҥҥиттэн итэҕэйэр буолбатахпыт, аны бэйэбит иһиттибит, биллибит, Кини чахчы аан дойдуну Быыһааччы, Христос эбит».
Эн Христос, Тыыннаах Таҥара Уола буоларгын биһиги итэҕэйдибит да, биллибит да».
Ол гынан баран биһиги Кини Кимин, хантан сылдьарын билэбит, оттон Христос кэллэҕинэ, Кини хантан кэлбитин ким да билиэ суохтаах».
Оттон мустубут дьонтон үгүстэрэ Кинини итэҕэйбиттэрэ. Итэҕэйбит дьон: «Христос, кэллэҕинэ, ама бу Киһи оҥорбутунааҕар элбэх дьикти бэлиэни оҥороро буолуо дуо?» – дэһэллэрэ.
Маны эппитигэр: «Эн эмиэ Галилея этиҥ буолбат дуо? – диэбиттэрэ. – Суруйуулары сирийэн көр, оччоҕо Галилеяттан Пророк кэлбэтин өйдүөҥ».