34 Оччоҕо Миигин көрдөөн да, булуоххут суоҕа. Мин баар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит».
Мин эһиэхэ этэбин: „Айыы Тойон аатынан Кэлэн Иһээччи алгыстаах!“ дии иликкитинэ, эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа».
Эһиги олорор сиргитин бэлэмнээн баран, эргиллэн кэлиэм, итиэннэ эһиги эмиэ Миигин кытта бииргэ буоларгыт туһугар, эһигини Бэйэбэр ылыам.
Иисус хоруйдаабыта: «Мин Суол, Кырдьык уонна Олох буолабын; Аҕабар Миигинэн эрэ кэлиэххэ сөп, атын суол суох.
Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.
Миигин көрдүөххүт да, булуоххут суоҕа, Мин баар сирбэр эһиги тиийэр кыаххыт суох диэн тугу этэр быһыытай?»