33 «Эһигинниин бииргэ сылдьар кэмим кылгаата, – диэбитэ Иисус. – Мин сотору Миигин Ыыппыкка барыаҕым.
Айыы Тойон маны этэн баран, Халлааҥҥа тахсан Таҥара уҥа өттүгэр олорбута.
Паасха бырааһынньыгын иннинэ Иисус бу аан дойдуну хаалларан, Аҕатыгар барар кэмэ кэлбитин билэр буолан, бу дойдуга баар Бэйэтин дьонун тиһэҕэр диэри уостубат тапталынан таптыырын көрдөрбүтэ.
Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан,
Оҕолоруом! Мин эһигини кытта бииргэ сылдьар кэмим кыра хаалла: эһиги Миигин көрдүөххүт гынан баран, иудейдарга эппитим курдук, билигин эһиэхэ эмиэ этэбин: Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит.
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Миигин итэҕэйэр киһи Мин оҥорор дьайыыларбын оҥоруоҕа, өссө оннооҕор да улаханнары оҥоруоҕа, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын.
Бэрт кылгас кэминэн бу дойду Миигин аны көрүө суоҕа, оттон эһиги көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин тыыннааҕым курдук, эһиги эмиэ тыыннаах буолуоххут.
Эһигиттэн барыам итиэннэ эһиэхэ эмиэ кэлиэм диэн эппиппин иһиттигит. Эһиги Миигин таптыыргыт эбитэ буоллар, Аҕабар барабын диэбиппиттэн үөрүө этигит: Мин Аҕам Миигиннээҕэр улахан.
кырдьык туһунан – Мин Аҕабар барарым итиэннэ эһиги аны Миигин көрбөккүт иһин;
Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».
Оттон билигин Мин Миигин Ыыппыкка барабын; эһигиттэн ким да Миигиттэн „Ханна бараҕын?“ диэн ыйыппат.
Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа.
Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин.
Иисус эппитэ: «Мин Аҕабар өссө тахса иликпин, онон Миигин таарыйыма. Бырааттарбар баран Мин этэрбин тиэрт: Мин Бэйэм Аҕабар уонна эһиги Аҕаҕытыгар, Бэйэм Таҥарабар уонна эһиги Таҥараҕытыгар тахсабын».
Миигин Ыытааччы дьайыытын Мин күн устата толоруох тустаахпын; сотору түүн бүрүүкээн кэлиэ, оччоҕо ону ким да оҥорор кыаҕа суох буолуо.