24 Таһыттан көрөн дьүүллүүргүтүн аны тохтотуҥ – кырдьыктаах дьүүлү тутуһуҥ».
Айыы Таҥара, саҥата суох буолума; хардарбакка хаалыма, Айыы Таҥара, уоскуйан уостума!
Хара дьайдааҕы быыһаан ылыы, буруйа суоҕу буруйдааһын – хайата да Айыы Тойон хараҕар сидьиҥ быһыы.
Муударай өйдөөхтөр өссө маннык этиилэрэ бааллар: Суукка киһини сирэйиттэн көрөн дьүүллээһин – сиэрэ суох быһыы.
Маны истэн, Иерусалимтан сылдьар сорох дьон: «Өлөрөөрү көрдүүр Киһилэрэ бу буолбатаҕа буолуо дуо? – диэн кэпсэппиттэрэ. –
Эһиги дьон куолутунан дьүүллүүгүт, оттон Мин кими да дьүүллээбэппин.
Таһыттан көрөн эһиги киһини дьүүллүүгүт дуо? Ким бэйэтин Христос киһитэбин диэн бигэ эрэллээх, ол бэйэтинэн көрөн тойонноотун, кини Христос киэнэ буоллаҕына, биһиги эмиэ Христос дьонобут.
Бырааттарым! Килбиэннээх Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу итэҕэйэр дьон сиэринэн эһиги киһиэхэ барытыгар биир тэҥ үтүө сыһыаннаах буолуҥ.
искитигэр араарсыыны таһааран, мөкү судьуйалыы быһыыланаҕыт буолбатах дуо?
Оттон киһини кимиттэн-тугуттан көрөн сыһыаннаһар буоллаххытына, эһиги аньыыны оҥороҥҥут, Сокуон иннигэр буруйдаах буолан тахсаҕыт.