13 Ол эрээри, иудейдартан куттанар буолан, ким даҕаны аһаҕастык кэпсэппэт этэ.
Ким дьонтон куттанар, ол угаайыга киирэн биэрэр, оттон ким Айыы Тойоҥҥо эрэллээх, ол көмүскэллээх.
Бу кэнниттэн Иисуһу, иудейдартан куттанан Киниэхэ кистээн үөрэммит Аримафеяттан төрүттээх Иосиф кириэстэн устаары, көрдөспүтүн Пилат көҥүллээбитэ. Онон Иосиф кэлэн, Кинини кириэстэн устубута.
Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!»
Кини түүн Иисуска кэлэн эппитэ: «Равви! Эн Таҥара ыыппыт Үөрэтээччитэ буоларгын билэбит. Ким да, Таҥара кинини кытта бииргэ буолбатаҕына, бу Эн көрдөрөр дьиктилэргин оҥорор кыаҕа суох».
Бу кэнниттэн Иисус Галилея устун сылдьыбыта, иудейдар өлөрөргө соруналларын иһин, Кини Иудеяҕа сылдьыан баҕарбатаҕа.
Иудейдар тойотторо бырааһынньыкка: «Кини ханнаный?» – дии-дии Иисуһу көрдүүллэрэ.
«Үөрэммэтэх буолан баран, Суруйуулары ити хайдах билэрий?» – диэн иудейдар дьиктиргээбиттэрэ.
Иудейдартан куттанан, төрөппүттэрэ итинник хоруйдаабыттара. Иисуһу Христос диэн билиммит киһини синагогаттан үүрэр туһунан иудейдар хайыы-үйэ бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэлэспиттэрэ,
Фарисейдар маны истэн: «Бүтүн бэйэҥ аньыыга-хараҕа булкуллан төрөөн баран, өссө биһигини үөрэтэ тураҕын дуо?» – диэбиттэрэ. Уонна үүрэн кэбиспиттэрэ.
эн бары дьайыыгын билэбин. Төһө да эн сатана бүрүстүөлэ турар сиригэр олордоргун, Мин ааппын түһэн биэрбэтэҕиҥ, бэл эһиэхэ – сатана олорор сиригэр – эрэллээх кэрэһиппин Антипаны өлөрбүт күннэригэр Миэхэ итэҕэлгиттэн аккаастамматаҕыҥ.