65 Итиэннэ эппитэ: «Аҕабыттан бэриллибэтэх буоллаҕына, ким даҕаны Миэхэ кэлэр кыаҕа суох диэн, Мин ол иһин эһиэхэ эппитим».
Иисус эппитэ: «Эһиэхэ Халлаан Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, оттон кинилэргэ бэриллибэтэҕэ.
Миэхэ атын барааннар эмиэ бааллар, ол гынан баран билигин бу тиэргэҥҥэ кинилэр суохтар, Мин олорбун эмиэ аҕалыахтаахпын. Кинилэр саҥабын истиэхтэрэ, оччоҕо барыта биир үөр, биир Маныыһыт буолуо.
Иоанн хоруйдаабыта: «Халлаантан бэриллибэтэх буоллаҕына, киһи бэйэтэ тугу да ылсар кыаҕа суох.
Аҕам Миэхэ тугу биэрэрэ барыта Миэхэ кэлиэҕэ, Миэхэ кэлээччини Мин киэр үүрүөм суоҕа:
Христос туһугар эһиэхэ Кинини итэҕэйэр эрэ кыах буолбакка, Кини туһугар эрэйдэнэр кыах эмиэ бэриллибитэ.
онон Христос Иисустуун биир буолан иҥэринэр итэҕэлбитин, тапталбытын кытары миэхэ Айыы Тойоммут илгэлээх үтүөтэ өлгөмнүк тиксибитэ.
утарсааччыларын көрсүөтүк көннөрүөхтээх; баҕар, Таҥара ол дьоҥҥо аньыыларын-хараларын билинэн Киниэхэ эргилиннэхтэринэ, дьиҥ кырдьыгы билэр кыаҕы биэриэҕэ,