54 Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи бараммат олохтоох – Мин кинини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим.
Оттон Мин биэрэр уубун иһэр киһи үйэ-саас тухары утатыа суоҕа. Мин биэрэр уум киниэхэ киирэн, бараммат олоххо сүүрүгүрэ устар дьүүктэ уута буолуоҕа».
Эһиги курсуйар аска буолбакка, бараммат олоххо тиксэрэр аска кыһаллар буолуҥ. Оннук аһы эһиэхэ Киһи Уола биэриэҕэ: Аҕата Таҥара Кинини Бэйэтин бэчээтинэн бэлиэтээбитэ».
Дьиҥ кырдьыгы этэбин эһиэхэ: ким Миигин итэҕэйэр, ол бараммат олохтоох.
Мин Этим-сииним дьиҥ аһылык, Мин Хааным дьиҥ утах буолар.
Тыын олоҕу биэрэр, оттон киһиэхэ оннук кыах суох. Мин эһиэхэ этэр тылларбар олох Тыына баар.
онон аны мин суохпун, арай мин сүрэхпэр Христос баар; оттон бу сирдээҕи олохпун миигин таптаабыт, мин туспар толук буолбут Таҥара Уолугар итэҕэлбинэн олоробун.