Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 6:52 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

52 Онуоха иудейдар икки ардыларыгар мөккүөр саҕаламмыта. «Бэйэтин Этин ол биһиэхэ хайдах сиэтэрий?» – диэн кинилэр абарбыттара.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 6:52
11 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иоанн маннык кэрэһиттээбитэ. Иудей тойотторо Иерусалимтан Иоаҥҥа аҕабыыттары кытта левиттэри ыытан: «Эн кимҥиний?» – диэн ыйыттарбыттара.


Маны истэн иудейдар эмиэ мөккүһэн турбуттара.


«Киһи кырдьан баран хайдах саҥаттан төрүөҕэй? Ийэтин иһигэр төннөн иккиһин төрүүр кыахтаах үһү дуо?» – диэбитэ Никодим.


«Хайдах оннук буолар баҕайытай?» – диэбитэ Никодим.


«Тойон! – диэбитэ дьахтар. – Эн уу баһар иһитэ суоххун, холуодьас буоллаҕына дириҥ, ол кэннэ өлбөт мэҥэ уута эйиэхэ хантан баар буолуой?


Кини «Мин Халлаантан түспүт килиэппин» диэбититтэн кыйаханан, иудейдар бэйэлэрин ыккардыларыгар мөҥүттэн барбыттара:


Үгүс үөрэнээччитэ итини истэн: «Туох муокас тылларай! Итини ким кыайан истиэҕэй?» – дэһиспиттэрэ.


«Ол Киһи субуотаны тутуспат эбит, – дэспиттэрэ сорох фарисейдар. – Онон Кини Таҥара ыыппыт Киһитэ буолуон сатаммат». Атыттар саарбахтаабыттара: «Аньыылаах киһи маннык дьиктилэри хайдах оҥоруоҕай?» Мантан сылтаан мөккүөр күөдьүйбүтэ.


Өлбүттэр тиллиилэрин туһунан истэн, сорохтор эҕэлээхтик күлсүбүттэрэ, оттон атыттара: «Бу туһунан эйигин өссө истэ кэлиэхпитин баҕарабыт», – дэспиттэрэ.


Таҥара Тыына суох киһи Таҥара Тыыныттан кэлэри ылыммат, кини ол кэлэри «өйө суох дойҕох» дии саныыр, итиэннэ өйдүүр да кыаҕа суох, тоҕо диэтэххэ ону Тыын эрэ көмөтүнэн өйдүөххэ-дьүүллүөххэ сөп.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ