47 Дьиҥ кырдьыгы этэбин эһиэхэ: ким Миигин итэҕэйэр, ол бараммат олохтоох.
Билигин баар дьон Миигин итэҕэйэр буоллахтарына өлүөхтэрэ суоҕа. Бу эппиппин эн итэҕэйэҕин дуо?»
Бэрт кылгас кэминэн бу дойду Миигин аны көрүө суоҕа, оттон эһиги көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин тыыннааҕым курдук, эһиги эмиэ тыыннаах буолуоххут.
Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, Бэйэтин Төрөппүт Соҕотох Уолун, Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, биэрбитэ».
Кинини итэҕэйэр киһи дьүүллэммэт, оттон итэҕэйбэт киһи, Таҥара Төрөппүт соҕотох Уолун аатын итэҕэйбэтэх буолан, хайыы-үйэ дьүүллэнэн турар.
Уолун итэҕэйэр киһи бараммат олохтоох, оттон Уолун итэҕэйбэт киһи олоҕу көрүө суоҕа: Таҥара уора-кылына киниттэн үйэлэр тухары араҕыа суоҕа.
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин этэр тылбын истэр, Миигин Ыыппыты итэҕэйэр киһи бараммат олохтоох; кини өлөр өлүүттэн туораан бараммат олоххо киирбит буолан, дьүүлгэ турбат.
Эһиги курсуйар аска буолбакка, бараммат олоххо тиксэрэр аска кыһаллар буолуҥ. Оннук аһы эһиэхэ Киһи Уола биэриэҕэ: Аҕата Таҥара Кинини Бэйэтин бэчээтинэн бэлиэтээбитэ».
Кини Уолун көрөн итэҕэйбит киһи барыта бараммат олохтоноро – бу буолар Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ; Мин ол киһини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим».
оттон бу Халлаантан түһэр килиэп оннук буолбатах: бу килиэби сиир киһи өлүө суоҕа.
Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».
Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи бараммат олохтоох – Мин кинини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим.
Бу – Халлаантан түспүт килиэп. Кини эһиги өбүгэлэргит сиэбит маанналарын курдук буолбатах: кинилэр сиэн да баран өлбүттэрэ, оттон бу килиэби сиир киһи үйэлэр тухары олоруоҕа».