Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 6:42 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

42 «Бу Иосиф уола Иисус буолбатах этэ дуо, аҕатын да, Ийэтин да биһиги билэбит буолбаат? Уонна баран хайдах „Мин Халлаантан түспүтүм“ диирий?»

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 6:42
13 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Кини Мария уола, Иаков, Иосия, Иуда уонна Симон бырааттара, болуотунньук буолбатах этэ дуо? Эдьиийдэрэ-балыстара манна, биһигини кытта, бааллар буолбаат?» Онон Кинини итэҕэйбэтэхтэрэ.


Бу этиитин бары биһирээбиттэрэ, Кини алгыстаах тылын-өһүн истэн сөхпүт-махтайбыт дьон: «Бу Иосиф уола буолбатах этэ дуо?» – дэһиспиттэрэ.


Филипп Нафанаилы булан этэр: «Биһиги Моисей Сокуонугар уонна Пророктарга Суруллубуту – Назареттан төрүттээх Иосиф уолун Иисуһу – буллубут».


Халлааҥҥа баар, Халлаантан түһэн кэлбит Киһи Уолуттан ураты атын ким да онно тахса сылдьыбатаҕа.


Мин Бэйэм көҥүлбүн толоро буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толоро халлаантан түспүтүм.


«Мөҥүттүмэҥ, – диэбитэ Иисус, –


Арай Киһи Уола урут сылдьыбыт сиригэр үөһэ тахсарын көрүҥ, оччоҕо тугуй?


кинилэр улуу төрүттэрдээхтэр, үйэттэн үйэҕэ алгыстаах, баартан барытыттан үрдүк Таҥара – Христос – эмиэ кинилэр ортолоругар төрөөбүтэ, аминь.


Бастакы киһи сирдээҕи буолан сир-буор састааптааҕа; оттон иккис киһи – халлаантан кэлбит Айыы Тойон.


оттон туһааннаах кэмэ кэлбитигэр, Таҥара Сокуон анныгар сылдьааччылары толуйан ылан, биһигини оҕолорунан ааттаары, дьахтартан төрөөбүт, Сокуоҥҥа бас бэриммит Уолун ыыппыта.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ