41 Кини «Мин Халлаантан түспүт килиэппин» диэбититтэн кыйаханан, иудейдар бэйэлэрин ыккардыларыгар мөҥүттэн барбыттара:
Фарисейдар уонна сокуонньуттар: «Аньыылаахтары Бэйэтигэр чугаһатар, кинилэри кытта бииргэ аһыыр», – диэн абараллара.
Бары ону көрөн, сөбүлээбэккэлэр: «Аньыылаах киһи дьиэтигэр тохтоото», – диэн суугунаспыттара.
Фарисейдар уонна сокуонньуттар ону сөбүлээбэккэ, Кини үөрэнээччилэригэр эппиттэрэ: «Эһиги түһээн хомуйааччылары уонна аньыылаахтары кытта тоҕо бииргэ аһыыгыт-сиигит?»
Иоанн маннык кэрэһиттээбитэ. Иудей тойотторо Иерусалимтан Иоаҥҥа аҕабыыттары кытта левиттэри ыытан: «Эн кимҥиний?» – диэн ыйыттарбыттара.
Кини, Халлаантан Түһээччи, аан дойдуга Олоҕу Биэрээччи, Таҥара килиэбэ буолар».
«Мөҥүттүмэҥ, – диэбитэ Иисус, –
Мин олох килиэбинэбин.
Бу – Халлаантан түспүт килиэп. Кини эһиги өбүгэлэргит сиэбит маанналарын курдук буолбатах: кинилэр сиэн да баран өлбүттэрэ, оттон бу килиэби сиир киһи үйэлэр тухары олоруоҕа».
Үгүс үөрэнээччитэ итини истэн: «Туох муокас тылларай! Итини ким кыайан истиэҕэй?» – дэһиспиттэрэ.
Мантан ыла бэрт элбэх үөрэнээччитэ тэйэн, Кинини кытта бииргэ сылдьыбат буолбуттара.
Мустубут дьон Кини туһунан араастаан мөккүһэллэрэ. Сорохторо «үтүө санаалаах» дииллэрэ, атыттара «норуоту албынныыр» диэн утараллара.
Өбүгэлэрбит сорохторо кэриэлийбиттэрин курдук, кэриэлийэр буолумаҥ; кинилэри, оннук кэриэлийбиттэрин иһин, өлөрөр-өһөрөр Аанньал ходуйтаабыта.
Бу биир кэм саҥалаах сылдьар, туохха да сөп буолбат, аньыылаах баҕаларын батыһар дьон дарбааннаахтык тыллаһаллар, туһанар баҕаттан сирэй көрбөх быһыыланаллар.