33 Кини, Халлаантан Түһээччи, аан дойдуга Олоҕу Биэрээччи, Таҥара килиэбэ буолар».
Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан,
Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».
Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.
Халлааҥҥа баар, Халлаантан түһэн кэлбит Киһи Уолуттан ураты атын ким да онно тахса сылдьыбатаҕа.
Иисус эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: килиэби Халлаантан Моисей ылан биэрбэтэҕэ, Мин Аҕам Халлаантан эһиэхэ дьиҥнээх килиэби биэрэр.
Мин Бэйэм көҥүлбүн толоро буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толоро халлаантан түспүтүм.
Кини «Мин Халлаантан түспүт килиэппин» диэбититтэн кыйаханан, иудейдар бэйэлэрин ыккардыларыгар мөҥүттэн барбыттара:
Мин олох килиэбинэбин.
оттон бу Халлаантан түһэр килиэп оннук буолбатах: бу килиэби сиир киһи өлүө суоҕа.
Бу – Халлаантан түспүт килиэп. Кини эһиги өбүгэлэргит сиэбит маанналарын курдук буолбатах: кинилэр сиэн да баран өлбүттэрэ, оттон бу килиэби сиир киһи үйэлэр тухары олоруоҕа».
Иисус эппитэ: «Таҥара эһиги Аҕаҕыт эбитэ буоллар, эһиги Миигин, Таҥараттан кэлбитим уонна билигин манна баарым иһин, таптыа этигит. Мин Бэйэм көҥүлбүнэн кэлбэтэҕим – Кини Миигин ыыппыта.
Христос Иисус аньыылаах дьону быыһаары бу орто дойдуга кэлбитэ диэн этии дьиҥ кырдьыктаах, ким баҕарар толору ылынарыгар сөптөөх этии; оттон кинилэртэн саамай халыҥ аньыылаахтара мин буолабын.