Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 6:14 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

14 Иисус дьиктини оҥорбутун көрөн олорбут дьон: «Бу дойдуга кэлиэхтээх Пророк чахчы бу Кини эбит!» – диэн түмүккэ кэлбиттэрэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 6:14
18 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

«Галилея Назаретыттан төрүттээх Пророк Иисус!» – диэн мустубут дьон хоруйдууллара.


«Туох буолбутун?» – диэн ыйыппыта Иисус. «Назарет Иисуһун туһунан этэбит, – диэбиттэрэ. – Кини Таҥараҕа уонна бар дьоҥҥо тылынан-өһүнэн да, дьайыытынан да кыаҕын биллэрбит Пророк этэ.


Бары саллан: «Биһиэхэ улуу Пророк баар буолбут! Таҥара Бэйэтин норуотугар көмөлөһө кэлбит!» – диэн Таҥараны айхаллаабыттара.


«Оччоҕо кимҥиний, – диэбиттэрэ. – Илияҕын дуо?» «Суох», – диэбитэ кини. «Пророккун дуо?» «Суох», – диэн хоруйдаабыта.


«Тойонуом, итэҕэйэбин! – диэн хоруйдаабыта Марфа. – Эн аан дойдуга кэлэн иһэр Христос – Таҥара Уола буоларгын мин итэҕэйэбин».


Ити курдук Иисус Галилея Канатыгар дьикти бэлиэни аан маҥнай оҥорон, Бэйэтин килбиэнин көрдөрүөҕүттэн ыла үөрэнээччилэрэ Кинини итэҕэйбиттэрэ.


«Тойонуом, мин көрдөхпүнэ, Эн пророк эбиккин, – диэбитэ дьахтар. –


Дьахтар эппитэ: «Мессия (ол аата Христос) кэлэрин билэбин. Кини кэлэн барытын биһиэхэ быһаарыа».


онон дьахтарга этэллэрэ: «Билигин эн эрэ кэпсээҥҥиттэн итэҕэйэр буолбатахпыт, аны бэйэбит иһиттибит, биллибит, Кини чахчы аан дойдуну Быыһааччы, Христос эбит».


Ыарыһахтары дьиктитик үтүөрдэрин көрөн, Кинини элбэх киһи батыспыта.


«Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – эһиги Мин оҥорбут дьиктилэрбин өйдөөн буолбакка, килиэби тото сиэбит буолаҥҥыт, Миигин көрдүүгүт.


«Биһиги көрөн итэҕэйэрбит туһугар, Эн биһиэхэ туох дьикти бэлиэни көрдөрүөххүн сөбүй? – кинилэр ыйыппыттара. – Туох эмэ дьиктини оҥорон көрдөрүөҥ дуо?


Мустан турбут дьон халыҥ халҕаһатыттан үгүстэр бу тыллары истэн: «Кини чахчы Пророк эбит!» – дэспиттэрэ.


Бу кини, Моисей, Израиль дьонугар: „Таҥара миигин туруорбутун курдук, бэйэҕит бырааттаргытыттан эмиэ Пророгу туруоруоҕа, Кинини истээриҥ“, – диэн төлкөлөөбүт.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ