35 Иоанн умайан сыдьаайа сырдата турар сибэтиилинньик этэ, ол гынан баран эһиги кылгас кэмҥэ эрэ кини сырдыга эһигини үөрдүөн баҕарбыккыт.
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Иоанн Сүрэхтээччиттэн ордук улуу пророк ийэттэн өссө төрүү илик, ол эрээри Халлаан Саарыстыбатыгар саамай кыралара да киниттэн улахан.
Оттон дьонтон диэхпитин – аны норуот кутталлаах: кинилэр бары Иоанны пророк дииллэр».
Иудея дойдута бүттүүнэ итиэннэ Иерусалим олохтоохторо бука бары тахсан, аньыыларын-хараларын этинэн туран, Иордан өрүскэ Иоаҥҥа сүрэхтэммиттэрэ.
Иоанн кырдьыксыт, сибэтиэй киһи буоларын Ирод билэр буолан, киниттэн саллара, ол иһин кинини харыстыыра; Иоанн этэрин толорон Ирод элбэҕи оҥороро, кини тылын-өһүн сөбүлээн истэрэ.
Эһиэхэ этэбин: Иоаннааҕар улуу пророк ийэттэн төрүү илик, ол гынан баран Таҥара Саарыстыбатыгар саамай кыралара да кинитээҕэр улахан». (
Мантан ыла бэрт элбэх үөрэнээччитэ тэйэн, Кинини кытта бииргэ сылдьыбат буолбуттара.
Онон пророктар тыллара чахчылааҕын биһиги бигэтик билбиппит. Күн улам сырдаан, сүрэххитигэр сарсыардааҥҥы сулус сыдьаайыар диэри, эһиги бу тылга, хараҥа сиргэ сырдатар сибэтиилинньиккэ курдук, олус сөпкө тардыһаҕыт.