13 Иисус хайыы-үйэ хойуу дьон быыһынан киирэн баран хаалбыт буолан, киһи Кини кимин билбэтэх этэ.
Дьэ онуоха харахтара аһыллан, Кини Кимин билбиттэрэ, ол гынан баран Иисус кинилэргэ көстүбэт буолан хаалбыта.
Ол эрээри Иисус ортолорунан ааһан тахсан бара турбута.
«Бачча тухары Мин эһигинниин бииргэ сырыттым, ол тухары эн Миигин билбэтэххин дуу, Филипп? – диэбитэ Иисус. – Ким Миигин көрбүт, ол Аҕабын көрбүт. Биһиэхэ Аҕаҕын көрдөр диэн хайдах эн этэҕин?
«Эйигин тэллэххин тутан бар диэбит хайа киһиний?» – иудейдар ыйыппыттара.
Кэлин кинини, Таҥара Дьиэтигэр сылдьарын көрсөн Иисус: «Дьэ бу үтүөрэн чэгиэн буолан сылдьаҕын, – диэбитэ. – Аны аньыыны оҥорума – оҥордоххуна эйиэхэ итиннээҕэр куһаҕан буолуо».
Маны эппитигэр иудейдар Кинини быраҕаары, таас ылбыттара, онуоха Кини биллибэккэ быыстарынан ааһан, Таҥара Дьиэтиттэн тахсан салгыы бара турбута.