42 онон дьахтарга этэллэрэ: «Билигин эн эрэ кэпсээҥҥиттэн итэҕэйэр буолбатахпыт, аны бэйэбит иһиттибит, биллибит, Кини чахчы аан дойдуну Быыһааччы, Христос эбит».
Кини Уол Оҕону төрөтүөҕэ, оччоҕо Оҕоҕо Иисус диэн ааты биэриэҥ, тоҕо диэтэххэ Кини норуотун аньыыттан-хараттан быыһыаҕа».
Таҥараны билбэт дьоҥҥо сыдьаайыахтаах сырдыккын, норуотуҥ Израиль албан аатын!»
Сарсыныгар Иоанн киниэхэ кэлэн иһэр Иисуһу көрөн эппитэ: «Аан дойду аньыытын-харатын Бэйэтигэр ылынар Таҥара Бараанын Оҕото бу иһэр.
Иисус кэлиитигэр Лазары харайбыттара хайыы-үйэ түөрт хоммут этэ.
Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.
Онно киирэн дьоҥҥо: «Олохпор тугу гыммыппын барытын бэйэбэр этэн биэрбит Киһини баран көрүҥ, – диэбитэ. – Кини Христос буолбатаҕа буолуо дуо?»
Этэр тылын истэн баран, өссө элбэх киһи итэҕэйбитэ,
Таҥара эрэннэрбитин толорон, Израилы Быыһааччыны – Иисуһу – Давид удьуордарыттан таһаарбыта.
Биһигини быыһыыр Киниттэн атын ким да суох; Кини аатыттан ураты – биһиги быыһанарбытыгар бэриллибит атын аат – бу күн сиригэр суох!»
Буруйу-аньыыны билинэн бырастыы гыннарар кыаҕы Израильга бэлэхтиир туһугар, Таҥара Иисуһу Баһылык уонна Быыһааччы гынан үрдэтэн, Бэйэтин уҥа өттүгэр олордубута.
Ол аата Таҥара, киһи аймах буруйун аахсыбакка, аан дойдуну Бэйэтин кытта Христоһунан эйэлэһиннэрэн баран, ол эйэлэһиини биллэрэр соругу биһиэхэ сүктэрбит.
Ол иһин биһиги тыыннаах Таҥараҕа, бар дьону, чуолаан Кинини итэҕэйээччилэри Быыһааччыга эрэнэр буоламмыт, сыралаһан туран сулууспалыыбыт, ол иһин үөҕэллэрин-таныйалларын тулуйабыт.
Кини – биһиги аньыыбыт-буруйбут иһин, биһиги эрэ буолбатах, бүтүн аан дойду аньыытын-буруйун иһин толук буолбут сиэртибэ.
Ону биһиги, Кинини көрбүт дьон, Аҕата Уолун аан дойдуну быыһатаары ыыппыта диэн туоһулуубут.
Итиэннэ Таҥара Уола кэлэн, биһиги дьиҥнээх Таҥараны билэрбит, Кини Уолун Иисус Христоһу кытта бииргэ буоларбыт туһугар, биһиэхэ сырдыгы, өйдүүр кыаҕы биэрбитин эмиэ билэбит. Кини баар дьиҥнээх Таҥара уонна бараммат олох.