34 Иисус эппитэ: «Мин аһылыгым Миигин Ыытааччы көҥүлүн толоруу уонна Кини үлэтин ситэрии буолар.
Миигин абааһы көрөөччүлэр бары мин туспунан хобугунаһаллар, куһаҕаны миэхэ оҥорорго сананаллар,
Итиэннэ, кыратык тэйэн баран, сиргэ умса түһэн үҥпүтэ: «Аҕаккаам! Кыаллар буоллаҕына, бу эрэй-буруй иһитэ Миигин тумнан аастын. Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
Онуоха Иисус эппитэ: «Билигин маннык буоллун. Биһиги туохха барытыгар Таҥара көҥүлүн толоруохтаахпыт». Иоанн онуоха дьэ сөбүлэспитэ.
Иисус туран кинини батыһан барбыта, үөрэнээччилэрэ эмиэ барсыбыттара.
Эһиэхэ этэбин: аньыытын-харатын билинэр аньыылаах биир киһиттэн Таҥара Аанньаллара эмиэ оннук үөрэллэр».
Киһи Уола өлбүтү-сүппүтү булан быыһыы кэлбитэ».
Иисус эппитэ: «Миигин тоҕо көрдөөтүгүт? Мин Аҕам Дьиэтигэр буолуохтаахпын эһиги билбэт этигит дуо?»
Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум.
Бу кэнниттэн Иисус барыта хайыы-үйэ туолбутун билэр буолан, Суруйууларга этиллибит ситэрин туһугар: «Утаттым», – диэбитэ.
Иисус уксууһу амсайан баран: «Туолла!» – диэбитэ. Уонна төбөтүн хоҥкутан, тыынын Таҥараҕа биэрбитэ.
«Миэхэ эһиги билбэт аһылыккыт баар», – диэбитэ Иисус.
Мин Бэйэм көҥүлбүнэн тугу да оҥорор кыаҕым суох. Хайдах истэбин да, оннук дьүүллүүбүн, онон Мин дьүүлүм кырдьыктаах: Мин Бэйэм көҥүлбүн буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толорорго дьулуһабын.
Оттон Миэхэ Иоантан ордук улахан туоһу баар: Аҕам Миэхэ оҥорторо биэрбит дьайыылара, Мин тугу оҥорорум – ол барыта Миигин Аҕам ыыппытын туоһулуур.
Кини, Халлаантан Түһээччи, аан дойдуга Олоҕу Биэрээччи, Таҥара килиэбэ буолар».
Мин Бэйэм көҥүлбүн толоро буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толоро халлаантан түспүтүм.
Миигин Ыыппыт Аҕам Миигин кытта бииргэ баар. Мин өрүүтүн Кини сөбүлүүрүн эрэ оҥорорум иһин, Аҕам Миигин хаһан да соҕотохтуу хаалларбат».
Тугу да гыммытым иһин, барытыгар маннык үлэлээн-хамсаан кыамматтарга көмөлөһүөхтээхпитин, Айыы Тойон Иисус „ылардааҕар биэрэр ордук алгыстаах“ диэн Бэйэтинэн эппит тылларын умнуо суохтаахпытын холобур буолан көрдөрбүтүм».