Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 4:19 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

19 «Тойонуом, мин көрдөхпүнэ, Эн пророк эбиккин, – диэбитэ дьахтар. –

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 4:19
14 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

«Галилея Назаретыттан төрүттээх Пророк Иисус!» – диэн мустубут дьон хоруйдууллара.


«Туох буолбутун?» – диэн ыйыппыта Иисус. «Назарет Иисуһун туһунан этэбит, – диэбиттэрэ. – Кини Таҥараҕа уонна бар дьоҥҥо тылынан-өһүнэн да, дьайыытынан да кыаҕын биллэрбит Пророк этэ.


Бары саллан: «Биһиэхэ улуу Пророк баар буолбут! Таҥара Бэйэтин норуотугар көмөлөһө кэлбит!» – диэн Таҥараны айхаллаабыттара.


Иисуһу ыҥырбыт фарисей маны көрөн, иһигэр санаабыта: «Бу олорооччу чахчы Пророк эбитэ буоллар, хайа сүрдээх-кэптээх дьахтар Кини атаҕын таарыйарын билиэхтээх этэ. Бу аньыылаах дьахтар буолбаат!»


Эн биэстэ эрдэнэ сылдьыбытыҥ, билигин эмиэ эйигин кытта олорооччу эриҥ буолбатах. Ити кырдьыгы эттиҥ».


Онно киирэн дьоҥҥо: «Олохпор тугу гыммыппын барытын бэйэбэр этэн биэрбит Киһини баран көрүҥ, – диэбитэ. – Кини Христос буолбатаҕа буолуо дуо?»


Иисус дьиктини оҥорбутун көрөн олорбут дьон: «Бу дойдуга кэлиэхтээх Пророк чахчы бу Кини эбит!» – диэн түмүккэ кэлбиттэрэ.


Мустан турбут дьон халыҥ халҕаһатыттан үгүстэр бу тыллары истэн: «Кини чахчы Пророк эбит!» – дэспиттэрэ.


Хараҕа суохтан хат ыйыппыттара: «Кини миигин көрөр гынна диигин. Эн санааҕар, Кини кимий?» «Мин Кинини Пророк дии саныыбын», – диэбитэ киһи.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ