16 «Баран эргин ыҥыран кэл», – диэбитэ Иисус.
Итиэннэ кинини Иисуска илдьэ кэлбитэ. Симон диэки көрөн баран Иисус: «Эн Иона уола Симоҥҥын, – диэбитэ. – Аны мантан инньэ Кифа диэн ааттаныаҥ». (Ол аата Петр, «таас» диэн суолталаах аат.)
Онтон үсүһүн ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?» Кини үсүһүн «Эн Миигин таптыыгын дуо?» диэбититтэн санньыйан, Петр эппитэ: «Айыы Тойон! Эн барытын билэҕин. Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин барааннарбын манаа.
Дьахтар эппитэ: «Тойонуом! Миэхэ ол уугуттан бэрсибэккин ээ. Ону иһэн, аны утаппат буолар буоллахпына, манна уу баһа кэлиэм суоҕа этэ».
«Мин эрэ суохпун», – диэн хоруйдаабыта дьахтар. «Эрэ суохпун диэн кырдьыгы эттиҥ, – диэбитэ Иисус. –
Эн биэстэ эрдэнэ сылдьыбытыҥ, билигин эмиэ эйигин кытта олорооччу эриҥ буолбатах. Ити кырдьыгы эттиҥ».
Таҥараттан туох да кистэнэр кыаҕа суох, айбыта барыта Киниэхэ, ытыска уурбуттуу, аһаҕастык ырылыччы көстөн турар: биһиги тугу оҥорбуппутун барытын Кини иннигэр отчуоттуохпут.
Оҕолорун эмиэ имири эһитэлиэм; оччоҕо сиэркэп эрэ барыта Мин киһи сүрэҕин-быарын Курдат Көрөөччү буоларбын билиэҕэ. Хас биирдиигитигэр тугу оҥорбуккутунан көрөн төлүөм.