11 «Тойон! – диэбитэ дьахтар. – Эн уу баһар иһитэ суоххун, холуодьас буоллаҕына дириҥ, ол кэннэ өлбөт мэҥэ уута эйиэхэ хантан баар буолуой?
«Киһи кырдьан баран хайдах саҥаттан төрүөҕэй? Ийэтин иһигэр төннөн иккиһин төрүүр кыахтаах үһү дуо?» – диэбитэ Никодим.
Оттон Мин биэрэр уубун иһэр киһи үйэ-саас тухары утатыа суоҕа. Мин биэрэр уум киниэхэ киирэн, бараммат олоххо сүүрүгүрэ устар дьүүктэ уута буолуоҕа».
Бырааһынньык бүтэһик улуу күнүгэр Иисус дьон ортотугар туран, дорҕоонноохтук эппитэ: «Ким утаппыт, Миэхэ кэлэн утаҕын ханнарыахтын.
«Суох, туох да иһин сиэбэппин, Айыы Тойон. Мин хаһан даҕаны быртаҕы, кирдээҕи сиэбэтэҕим», – диэбитэ Петр.
Таҥара Тыына суох киһи Таҥара Тыыныттан кэлэри ылыммат, кини ол кэлэри «өйө суох дойҕох» дии саныыр, итиэннэ өйдүүр да кыаҕа суох, тоҕо диэтэххэ ону Тыын эрэ көмөтүнэн өйдүөххэ-дьүүллүөххэ сөп.
Кини миэхэ өссө манныгы эппитэ: «Барыта туолла! Мин Альфабын уонна Омегабын, Төрүппүн уонна Бүтэр Уһукпун. Утаппыкка өлбөт мэҥэ уутун дьүүктэтиттэн босхо иһэрдиэм;
Аанньал миэхэ Таҥара уонна Бараан Оҕотун бүрүстүөлүн анныттан сүүрүгүрдэ сытар, курустаал курдук сып-сырдык, ып-ыраас өлбөт мэҥэ уутун өрүһүн көрдөрбүтэ.
Тыын уонна Сүктэр Кыыс иккиэн: «Кэл!» – диэн ыҥыраллар. Истибит эрэ барыта: «Кэл!» – диэн ыҥырыахтын. Утаппыт кэлиэхтин, иһиэн баҕалаах кэлэн, өлбөт мэҥэ уутун босхо ылыахтын!
бүрүстүөл ортотугар баар Бараан Оҕото кинилэргэ Маныыһыт буолан, өлбөт мэҥэ уутун дьүүктэтигэр сирдээн илдьиэҕэ. Таҥара кинилэр харахтарын уутун хас биирдии таммаҕын сотуоҕа».