8 Тыын ханна баҕарбыт сиригэр тыынар, саҥатын истэҕин эрээри, хантан кэлэрин, ханна барарын билбэккин. Тыынтан төрөөбүт хас биирдии киһиэхэ оннук буолар».
күнү-ыйы айбыты, Кини бигэ таптала – үйэлэр тухары;
Кинилэр хаантан, эттэн-сиинтэн, эр киһи баҕатыттан буолбакка, Таҥараттан төрөөбүттэрэ.
Эйиэхэ үөһэттэн төрүөх тустааххыт диэн эппиппин дьиктиргээмэ.
«Хайдах оннук буолар баҕайытай?» – диэбитэ Никодим.
Эмискэ дьиэ иһигэр халлаантан күүстээх тыал түһэн эрэрин санатар тыас иһиллибитэ.
Үҥэн бүтэллэрин кытта, түмсүбүт дьиэлэрэ дьигиһийэн ылбыта, Сибэтиэй Тыын сүрэхтэрин толорон, бука бары, иҥнэн-толлон турбакка, Таҥара тылын иһитиннэрэн барбыттара.
Бу маны барытын, Бэйэтэ сөбүлүүрүнэн хас биирдии киһиэхэ тус-туспа үллэрэн, барыбытыгар биир Тыын оҥорор.
Киһи ис санаатын ким билбитэ баарай? Арай киһи бэйэтин ис тыына эрэ ону билиэн сөп. Син ол кэриэтэ Таҥара санаатын Таҥара Тыыныттан атын ким даҕаны билбэт.
Кини кырдьыксытын билэр буоллаххытына, кырдьыгы оҥорор киһи барыта Киниттэн төрөөбүтүн эмиэ билиэхтээххит.