Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 3:31 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

31 Үөһэттэн Кэлээччи барыларыттан үрдүк, оттон сирдээҕи сир киһитин быһыытынан сирдээҕини саҥарар; Халлаантан Кэлээччи барыларыттан үрдүк;

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 3:31
22 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иисус кэлэн кинилэри кытта кэпсэппитэ. Кини эппитэ: «Халлааҥҥа да, сиргэ да былаас барыта Миэхэ бэрилиннэ.


Иоанн Кинини кэрэһиттээн этэрэ: «„Кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи иннибэр буолла, тоҕо диэтэххэ, мин иннибиттэн баара“ диэн, мин бу Кини туһунан эппитим!»


Кини кэннибиттэн иһэрэ да, билигин иннибэр буолла. Мин Кини атаҕын таҥаһын да быатын сүөрэргэ сөбө суохпун».


„Кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи иннибэр буолла, тоҕо диэтэххэ, мин иннибиттэн баара“ диэн бу Кини туһунан эппитим.


Кини улаатан, оттон мин аччаан иһиэхтээхпин».


Кини, Халлаантан Түһээччи, аан дойдуга Олоҕу Биэрээччи, Таҥара килиэбэ буолар».


Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».


Иисус кинилэргэ эппитэ: «Эһиги алларааҥҥылартан, оттон Мин үөһээҥҥилэртэн буолабын. Эһиги бу дойду дьоноҕут, оттон Мин бу дойду буолбатахпын.


Кини, Иисус Христос биэрэр эйэтин туһунан Евангелиены иһитиннэртэрэн, Израиль норуотугар Бэйэтин тылын тиэрдибитэ. Туох баар барытын Айыы Тойоно Иисус буолар.


кинилэр улуу төрүттэрдээхтэр, үйэттэн үйэҕэ алгыстаах, баартан барытыттан үрдүк Таҥара – Христос – эмиэ кинилэр ортолоругар төрөөбүтэ, аминь.


Бастакы сөбүлэһии – эргэ кэс тыл – Таҥараҕа сулууспалааһын туһунан быраабылалардаах уонна анал сибэтиэй сирдээх этэ.


Кини билигин халлааҥҥа Таҥара уҥа өттүгэр олорор; Киниэхэ Аанньаллар, халлааннааҕы былаастар, күүстэр – бука бары бас бэриммиттэрэ.


Кинилэр бу дойду буоланнар, бу дойдулуу саҥараллар, онон дойдулара кинилэри истэр.


Таҥаһыгар да, өттүгэр да «Ыраахтааҕылар Ыраахтааҕылара, Тойоттор Тойонноро» диэн аат сурулла сылдьар.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ