Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 3:29 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

29 Кыыс кэпсэтиилээх киһитэ – күтүөт; оттон күтүөт доҕоро, кини аттыгар туран, доҕорун саҥатын истэн үөрэр эрэ. Ол үөрүүм билигин дьэ толору ситтэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 3:29
27 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

«Халлаан Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Эһиги манныгы санаан көрүҥ: биир ыраахтааҕы, уола ыал буолар малааһынын бэлэмнээн баран,


Ол саҕана Халлаан Саарыстыбата маннык буолуоҕа. Санаан көрүҥ: арай уон кыыс күтүөттүү кэлиэхтээх киһини көрсөөрү, сибэтиилинньиктэрин тутан тахсыбыттар.


Иисус эппитэ: «Уруу малааһыныгар ыҥырыллыбыт ыалдьыттар күтүөт баарыгар курутуйаллара сөптөөх дуо? Ол эрээри күтүөт кинилэртэн былдьанар кэмэ кэлиэҕэ, дьэ оччоҕо кинилэр постанар буолуохтара.


дьиэтигэр кэлэн доҕотторун, ыалларын ыҥыран: „Үөрүүбүн үллэстиҥ: сүппүт барааммын буллум“, – диэн этиэҕэ.


Маны – Мин үөрүүм эһиэхэ бэриллэн, эһиги сүрэххитин толорорун туһугар – эттим.


Билиҥҥэ диэри эһиги Мин ааппар тугу да көрдөһө иликкит; көрдөһүҥ, оччоҕо ылыаххыт, оччоҕо үөрүүгүт толору буолуоҕа.


Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин.


Кини улаатан, оттон мин аччаан иһиэхтээхпин».


Эһигини Таҥара күнүүтүнэн күнүүлүүбүн эбээт: мин эһигини, ыраас кыыһы курдук, соҕотох Христоһу эрэ кытта илии охсуһуннарбытым.


мин үөрүүбүн ситэрэн биэриҥ: биир өйдөөх-толкуйдаах, биир тапталлаах, биир дууһалаах, биир санаалаах буолуҥ.


Бу туһунан эһиэхэ, үөрүүгүт толору буоларын туһугар, суруйабыт.


Бэрт элбэҕи суруйуом этэ гынан баран, эһигини кытта кумааҕынан-чэрэниилэнэн кэпсэтиэхпин баҕарбаппын; үөрүүгүт толору буоларын туһугар, бэйэҕитигэр тиийэн сирэй көрсөн олорон кэпсэтиэм диэн эрэнэ саныыбын.


Тиһэх сэттэ иэдээн толору кутуллубут сэттэ кытахтаах сэттэ Аанньаллартан биирдэстэрэ миэхэ кэлэн: «Кэл, эйиэхэ сүктэр кыыһы – Бараан Оҕотун кэргэнин көрдөрүөм», – диэбитэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ