23 Иоанн эмиэ Салим таһынааҕы элбэх уулаах сиргэ – Еноҥҥа – сүрэхтиирэ; дьон киниэхэ кэлэн сүрэхтэнэн бараллара. (
Иоанн киниэхэ сүрэхтэнэ кэлэр дьоҥҥо этэрэ: «Эриэн үөн ыамалара! Ким эһиэхэ кэнэҕэски уортан-кылынтан куотар өй укта?
Бу кэнниттэн Иисус үөрэнээччилэрин кытта Иудея сиригэр кэлбитэ; онно кинилэрдиин бииргэ олорон дьону сүрэхтиир этэ.
Иоанн өссө хаайылла илигэ.)
атаҕа кыһаҕа уһаарыллыбыт боруонса курдуга; куолаһа күүстээх күрүлгэн уута күрүлүүрүн санатара;
Онтон халлаантан дохсун уу күрүлээн эрэригэр дуу, күүстээх этиҥ этэн ньириһитэригэр дуу холоонноох саҥаны истибитим. Ол истибит саҥам арфаҕа оонньооччулар таһаарар дорҕооннорун санатара.
Онуоха дохсун уу тыаһыгар, күүстээх этиҥ ньиргиэригэр холоонноох үтүмэн үгүс киһини санатар саҥаны истибитим: «Аллилуйя! Айыы Тойон Таҥара, Барытын Тутан Олорооччу салайар кэмэ кэллэ!