17 Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта.
Көрүҥ эрэ, бу кыралартан кими да сэнээбэт буолуҥ. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр Аанньаллара мэҥэ халлааҥҥа Мин Халлааннааҕы Аҕам ыксатыгар сылдьаллар.
Киһи Уола сүппүтү көрдөөн быыһыы кэлбитэ.
Киһи Уола өлбүтү-сүппүтү булан быыһыы кэлбитэ».
Киһи Уола дьон дууһатын өлөрө кэлбэтэҕэ, быыһыы кэлбитэ». Онон атын дэриэбинэҕэ барбыттара.
Сарсыныгар Иоанн киниэхэ кэлэн иһэр Иисуһу көрөн эппитэ: «Аан дойду аньыытын-харатын Бэйэтигэр ылынар Таҥара Бараанын Оҕото бу иһэр.
Мин Таҥара Уолунабын диэбиппэр эһиги Миигин Таҥараны холуннараҕын диигит. Оттон Аҕам Миигин Бэйэтэ талан ылан бу дойдуга ыыппыта.
Эн Миигин өрүү истэргин билэбин эрээри, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйэллэрин туһугар, бу турар дьоҥҥо анаан маны эттим».
Эн Миигин бу дойдуга ыыппытыҥ курдук, Мин эмиэ кинилэри бу дойдуга ыыттым.
бары биир буоллуннар, Аҕаа, Эн Миэхэ, Мин Эйиэхэ баарым курдук, кинилэр эмиэ Биһиэхэ биир сомоҕо буоллуннар – Эн Миигин ыыппыккын аан дойду итэҕэйиэхтин.
Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.
Кырдьыктаах Аҕаа! Бу аан дойду Эйигин билбэтэх; оттон Мин Эйигин билэбин, кинилэр эмиэ Эн Миигин ыыппыккын биллилэр.
Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.
Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.
«Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын».
тоҕо диэтэххэ, Таҥара Ыыппыта Таҥара тылын этэр: Таҥара Киниэхэ Тыыны кэмэ суох биэрэр.
Оттон Миэхэ Иоантан ордук улахан туоһу баар: Аҕам Миэхэ оҥорторо биэрбит дьайыылара, Мин тугу оҥорорум – ол барыта Миигин Аҕам ыыппытын туоһулуур.
итиэннэ Кини Ыыппытын итэҕэйбэт буолаҥҥыт, Кини тылын сүрэххитигэр иҥэриммэккит.
Аҕатын иннигэр биһигини буруйдуо дии санаамаҥ: эрэнэр Моисейгыт эһигини буруйдуоҕа.
«Таҥара Ыыппытын итэҕэйиҥ, ол буолуо – Таҥара сөбүлүүр дьайыытын оҥоруу», – диэбитэ Иисус.
Мин Бэйэм көҥүлбүн толоро буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толоро халлаантан түспүтүм.
Кини Уолун көрөн итэҕэйбит киһи барыта бараммат олохтоноро – бу буолар Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ; Мин ол киһини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим».
Олоҕу биэрэр Аҕам Миигин ыыппытын, Мин Аҕабынан олорорум курдук, Миигинэн аһылыктанааччы эмиэ Миигинэн олоруоҕа.
оттон Мин, Киниттэн кэлбит, Кинини билэбин. Миигин Кини ыыппыта».
«Ким даҕаны, Тойонуом», – дьахтар хоруйдаабыта. «Мин эмиэ эйигин дьүүллээбэппин, – диэбитэ Иисус. – Чэ, дьиэҕэр бар уонна аны аньыыны оҥорума».
Иисус эппитэ: «Таҥара эһиги Аҕаҕыт эбитэ буоллар, эһиги Миигин, Таҥараттан кэлбитим уонна билигин манна баарым иһин, таптыа этигит. Мин Бэйэм көҥүлбүнэн кэлбэтэҕим – Кини Миигин ыыппыта.
Кини – биһиги аньыыбыт-буруйбут иһин, биһиги эрэ буолбатах, бүтүн аан дойду аньыытын-буруйун иһин толук буолбут сиэртибэ.
Ону биһиги, Кинини көрбүт дьон, Аҕата Уолун аан дойдуну быыһатаары ыыппыта диэн туоһулуубут.