14-15 Моисей кураайы куйаарга сылдьан алтан моҕойу өрө анньан таһаарбытыныы, Киһи Уола, бары Киниэхэ итэҕэйээччи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, үөһэ таһаарыллыахтаах.
Ол эрээри оччоҕо Суруйууларга этиллибит хайдах туолуо этэй?»
Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».
Ону биһиги архиерейдарбыт, тойотторбут тутан ылан, өлөрөргө ууран, кириэскэ тиирбиттэрэ.
Ити курдук Иисус Бэйэтэ хайдах өлүөхтээҕин өтө көрөн эппитэ туолар буолбута.)
Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».
Ол иһин эппитэ: «Киһи Уолун үөһэ таһаардаххытына, бу Мин буоларбын итиэннэ Бэйэбиттэн тугу да оҥорбоппун, Аҕам үөрэппитин курдук этэрбин билиэххит.
Таҥара эрдэттэн анаан оҥкуллаабытын курдук, Иисуһу эһиэхэ тутан биэрбиттэрин эһиги, Таҥараны билбэт омуктарга биэрэн, кириэскэ хам хараҕалатан өлөртөрбүккүт.