20 Петр эргиллэн, кини кэнниттэн били киэһээҥҥи аһылыкка Иисус түөһүгэр сыстан «Тойонуом! Эйигин таҥнарааччы кимий?» диэбит Иисус таптыыр үөрэнээччитэ иһэрин көрбүтэ.
Туруҥ, бардыбыт: таҥнарааччы хайыы-үйэ чугаһаата».
Кини Симон Петрга итиэннэ Иисус таптыыр биир үөрэнээччитигэр сүүрэн тиийэн: «Тойоммутун хоруобуттан ылан барбыттар, ханна гыммыттарын билбэппит», – диэбитэ.
Кинини көрөн, Петр Иисустан: «Айыы Тойон! Оттон кини хайдах буолуоҕай?» – диэн ыйыппыта.
Бу туһунан ол үөрэнээччи бэйэтэ туоһулаан маны суруйда. Кини туоһута кырдьыктааҕын биһиги билэбит.
Иисус таптыыр үөрэнээччитэ Петрга: «Ити Айыы Тойон!» – диэбитэ. Симон Петр ити Айыы Тойон буоларын истээт, таҥаһын ылан курданан баран (тас таҥаһын устан баран сылдьара) муораҕа ыстаммыта.