24 Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, Игирэ Аҥаара диэн ааттаах Фома, Иисус кэлэ сылдьыбыт кэмигэр суох этэ.
Филипп уонна Варфоломей, Фома уонна түһээн хомуйааччы Матфей, Алфей уола Иаков уонна Фаддей диэн хос ааттаах Леввей,
Ханна икки, биитэр үс киһи Мин ааппын ааттаан түмсэр да, онно Мин кинилэр ортолоругар баар буолуом».
Игирэ Аҥаара диэн ааттыыр киһилэрэ, Фома, үөрэнээччилэргэ: «Биһиги эмиэ баран Кинини кытта бииргэ өлүөҕүҥ», – диэбитэ.
«Тойоммуот! Эн ханна бараргын биһиги билбэппит, онон барар суолгун хайдах билиэхпитий?» – диэбитэ Фома.
Симон Петр, Игирэ Аҥаара диэн ааттаах Фома, Галилея Канатыттан сылдьар Нафанаил, Зеведей уолаттара уонна өссө икки атын үөрэнээччи буолан бары бииргэ сылдьыбыттара.
«Мин эһигини Уон Иккиэҥҥитин Апостолларынан талбатаҕым этэ дуо? Ол эрээри эһигиттэн бииргит – адьарай», – диэбитэ Иисус.
Кини манан Симон Искариот уолун Иуданы сирэйдээн эппитэ. Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, Иуда, Иисуһу таҥнарар санаалааҕа.
Бииргэ түмсэр үгэспитин, сорох-сорохтор курдук хаалларымыаҕыҥ, Айыы Тойон Күнэ чугаһаан истэҕин аайы, бэйэ-бэйэбитин ордук өйдөтүһэ-үөрэтиһэ сылдьыаҕыҥ.