Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 20:21 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

21 «Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 20:21
20 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Бу Мин эһигини бөрөлөргө барааннары ыытар кэриэтэ ыыталыыбын, онон моҕой курдук муударай, холууп курдук судургу буолуҥ.


Ким эһигини ылынар – ол Миигин ылынар, ким Миигин ылынар – ол Миигин Ыыппыты ылынар.


Бу туһунан кэпсэтэ олордохторуна, Иисус үөрэнээччилэр ортолоругар Бэйэтинэн баар буолан: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ.


Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин ыыппыт киһибин ылынааччы Миигин ылынар, оттон Миигин ылынааччы Миигин Ыыппыты ылынар».


Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт.


Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!»


Маны этэн баран, салгыны үрбүтэ уонна: «Сибэтиэй Тыыны ылыҥ! – диэбитэ. –


Аҕыс хонон баран үөрэнээччилэр эмиэ дьиэҕэ олорбуттара, Фома кинилэри кытта баара. Аан халҕана хатанан турдаҕына, арай Иисус киирэн ортолоругар туран баран: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ.


Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта.


Ол эрээри Сибэтиэй Тыын үөһэттэн түһэн эһиэхэ киирдэҕинэ, эһиги күүс ылан, Иерусалимҥа да, бүтүн Иудея, Самария да устун – сир бары уһугар тиийэ Мин кэрэһиттэрим буолуоххут».


Элбэх туоһу ортотугар миигиттэн тугу истибиккин атыттары үөрэтэр кыахтаах, эрэллээх дьоҥҥо тириэрт.


Онон, Халлааҥҥа бииргэ ыҥырыллыбыт сибэтиэй бырааттарбыт, өйгүтүн-санааҕытын бүтүннүүтүн итэҕэлбит Апостолыгар уонна Архиерейыгар Иисус Христоска туһаайыҥ.


сотору бэйэҕэр тиийэн, сирэй көрсөн олорон сэһэргэһиэм диэн эрэл санаалаахпын.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ