2 Кини Симон Петрга итиэннэ Иисус таптыыр биир үөрэнээччитигэр сүүрэн тиийэн: «Тойоммутун хоруобуттан ылан барбыттар, ханна гыммыттарын билбэппит», – диэбитэ.
Иисус биир таптыыр үөрэнээччитэ Кини аттыгар өттүгэстээн сытара.
Иисус, Ийэтин уонна кини аттыгар турар таптыыр үөрэнээччитин көрөн, Ийэтигэр: «Бу – Эн уолуҥ», – диэбитэ.
«Тоҕо ытыыгыный?» – кинилэр ыйыппыттара. «Тойоммун ылан барбыттар, ханна гыммыттарын билбэппин», – диэбитэ Мария.
«Тоҕо ытыыгыный? Кими көрдүүгүнүй?» – Иисус ыйыппыта. Саад көрөөччү буоллаҕа дии санаан, Мария: «Тойонуом! – диэбитэ. – Кинини мантан Эн таһаарбыт буоллаххына, ханна гыммыккын миэхэ эт, мин баран Кинини ылыам этэ».
Иисус өлөн баран тиллиэхтээҕин туһунан Суруйууларга этиллибитин кинилэр өссө да өйдүү иликтэрэ.
Петр эргиллэн, кини кэнниттэн били киэһээҥҥи аһылыкка Иисус түөһүгэр сыстан «Тойонуом! Эйигин таҥнарааччы кимий?» диэбит Иисус таптыыр үөрэнээччитэ иһэрин көрбүтэ.
Бу туһунан ол үөрэнээччи бэйэтэ туоһулаан маны суруйда. Кини туоһута кырдьыктааҕын биһиги билэбит.
Иисус таптыыр үөрэнээччитэ Петрга: «Ити Айыы Тойон!» – диэбитэ. Симон Петр ити Айыы Тойон буоларын истээт, таҥаһын ылан курданан баран (тас таҥаһын устан баран сылдьара) муораҕа ыстаммыта.