Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 20:19 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

19 Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!»

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 20:19
27 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

ол дьиэ онуоха сөптөөх буоллаҕына, эйэҕит киниэхэ киириэҕэ, оттон сөбө суох буоллаҕына, эйэҕит бэйэҕитигэр төннүөҕэ.


Ханна икки, биитэр үс киһи Мин ааппын ааттаан түмсэр да, онно Мин кинилэр ортолоругар баар буолуом».


Кэлин Иисус уон биир үөрэнээччигэ барыларыгар аһыы олордохторуна көстөн кэлэн, итэҕэлэ суохтарын, тыйыс сүрэхтээхтэрин, Кини тиллибитин көрбүттэри итэҕэйбэтэхтэрин иһин, хомуруйбута.


Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт.


Ол курдук эһиги эмиэ билигин санааргыыгыт эрээри, Мин эһигини иккистээн көрүстэхпинэ, сүрэххит үөрүүнэн туолуоҕа, оччоҕо эһиги үөрүүгүтүн ким да былдьаан ылыа суоҕа.


Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».


«Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын».


Аҕыс хонон баран үөрэнээччилэр эмиэ дьиэҕэ олорбуттара, Фома кинилэри кытта баара. Аан халҕана хатанан турдаҕына, арай Иисус киирэн ортолоругар туран баран: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ.


Бу кэнниттэн Иисус үөрэнээччилэригэр аны Тивериада муоратын кытылыгар көстүбүтэ. Ол маннык этэ.


Бу тиллэн баран үөрэнээччилэригэр үһүс көстүүтэ этэ.


Ол эрээри, иудейдартан куттанар буолан, ким даҕаны аһаҕастык кэпсэппэт этэ.


Кириэскэ муҥнанан баран, Кини түөрт уон хонук устата үөрэнээччилэригэр көстөн, Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Бэйэтэ тыыннааҕын элбэх итэҕэтиилээх чахчыларынан кэрэһилээн көрдөрбүтэ.


Эйэ-ил Таҥарата өрүү эһигини барыгытын кытта бииргэ буолуохтун. Аминь.


уонна бастаан Кифаҕа, онтон Уон Иккиэлэргэ,


Кини икки бөлөҕү бииргэ холбоон биһиэхэ эйэни олохтообута, биһигини араарар эркини үрэйэн,


Бырааттарбытыгар Аҕа Таҥараттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан эйэ, таптал, итэҕэл тосхойо туруохтун.


Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!


Эйэ-ил Айыы Тойоно Бэйэтинэн эһиэхэ өрүүтүн туохха барытыгар эйэни биэриэхтин. Айыы Тойон эһигини барыгытын кытта бииргэ буолуохтун!


Авраам сэриилээн ылан илдьэ иһэр баайын уон гыммыт биирин киниэхэ өлүүлээн биэрбитэ. «Мелхиседек» диэн аат, бастакытынан, «кырдьыктаах ыраахтааҕы» диэн, оттон, иккиһинэн, кини Салим ыраахтааҕыта буоларын быһыытынан, «эйэни тэрийэр ыраахтааҕы» диэн суолталаах.


сотору бэйэҕэр тиийэн, сирэй көрсөн олорон сэһэргэһиэм диэн эрэл санаалаахпын.


Асиятааҕы сэттэ сиэркэпкэ Иоантан: билигин да баар, урут да баар, кэлиэхтээх Таҥараттан уонна Кини бүрүстүөлүн иннигэр сылдьар сэттэ тыынтан итиэннэ сир ыраахтааҕыларын Улуу Баһылыгыттан, өлбүттэртэн бастакынан тиллибит кырдьыктаах туоһу Иисус Христостан эһиэхэ Таҥара илгэлээх үтүөтэ, илэ-эйэтэ тосхойо туруохтун! Киниэхэ, биһигини таптаан аньыыбытыттан-харабытыттан Бэйэтин Хаанынан сууйбукка,


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ