5 Ийэтэ чаҕардарга: «Эһиги Кини тугу этэр да, ону толоруҥ», – диир.
Иисус мустубут дьону кытта кэпсэтэ олордоҕуна, Ийэтэ уонна бырааттара кэлэннэр, Кинини кытары кэпсэтиэхтэрин баҕаран, таһырдьа турбуттара.
Эһиги Мин кэриэспин толорор буоллаххытына, Миэхэ доҕотторум буолаҕыт.
Савл титирэстиэр диэри, уолуйа куттанан ыйыппыта: «Айыы Тойон, тугу оҥор диэн дьаһайаҕын?» Онуоха Айыы Тойон: «Туран куоракка тиий, тугу гынаргын онно этиэхтэрэ», – диэбитэ.
Итэҕэлинэн Авраам, Таҥара ыҥырарын истэн, нэһилиэстибэ ылар дойдутугар тиийээри, ханна баран иһэрин билбэтэр да, суолга туруммута.
итиэннэ ситэн-хотон баран, Кинини истэр дьоҥҥо барыларыгар үйэлэр тухары быыһанар төрүөт буолбута.
Итиэннэ куумунаҕа баран, хотуна тугу эппитин толорбута.