25 итиэннэ киһи кимин-тугун атын киминэн эмэ туоһулатарга кыһаллыбат этэ; киһи ис дууһатын Кини Бэйэтэ курдат билэрэ.
Иисус кинилэр тугу санаабыттарын курдат көрөн, эппитэ: «Тоҕо эһиги искитигэр куһаҕаны саныыгытый?
Итиэннэ кинини Иисуска илдьэ кэлбитэ. Симон диэки көрөн баран Иисус: «Эн Иона уола Симоҥҥын, – диэбитэ. – Аны мантан инньэ Кифа диэн ааттаныаҥ». (Ол аата Петр, «таас» диэн суолталаах аат.)
Иисус Киниэхэ кэлэн иһэр Нафанаилы көрөн этэр: «Бу туох да албына-көлдьүнэ суох дьиҥ чахчы Израиль киһитэ».
Иисус, ким таҥнарыахтааҕын билэр буолан, «бука бары ыраас буолбатаххыт» диэбитэ.
Үөрэнээччилэрэ итинник муҥатыйалларын билэн, Иисус эппитэ: «Бу эппиппин истэн дьулайдыгыт дуу?
Ол да буоллар итэҕэйбэт дьон эһиэхэ эмиэ бааллар». (Ким итэҕэйбэтин, Кинини таҥнарыахтааҕын Иисус хара маҥнайгыттан билэр этэ.)