24 Оттон Кини барыларын билэр буолан, кинилэр итэҕэллэригэр эрэммэт этэ,
Иисус кинилэр тугу санаабыттарын курдат көрөн, эппитэ: «Тоҕо эһиги искитигэр куһаҕаны саныыгытый?
Тугу санаабыттарын билэ охсон, Иисус эппитэ: «Тоҕо итинник саныыгыт?
Итиэннэ кинини Иисуска илдьэ кэлбитэ. Симон диэки көрөн баран Иисус: «Эн Иона уола Симоҥҥын, – диэбитэ. – Аны мантан инньэ Кифа диэн ааттаныаҥ». (Ол аата Петр, «таас» диэн суолталаах аат.)
Билигин биһиги Эн тугу барытын билэргин, киһи Эйигиттэн ыйытарыгар наадыйбаккын билэн, Таҥараттан кэлбиккин итэҕэйэбит».
Онтон үсүһүн ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?» Кини үсүһүн «Эн Миигин таптыыгын дуо?» диэбититтэн санньыйан, Петр эппитэ: «Айыы Тойон! Эн барытын билэҕин. Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин барааннарбын манаа.
«Баран эргин ыҥыран кэл», – диэбитэ Иисус.
Эһиги сүрэххитигэр Таҥараҕа таптал суоҕун билэбин.
Кэлэн Кинини тутан ылан баран, норуокка «Бу – биһиги ыраахтааҕыбыт» диэри гыналларын билэн, Иисус эмиэ соҕотоҕун хайаҕа тахсыбыта.
Ол да буоллар итэҕэйбэт дьон эһиэхэ эмиэ бааллар». (Ким итэҕэйбэтин, Кинини таҥнарыахтааҕын Иисус хара маҥнайгыттан билэр этэ.)
туруоран баран, Таҥараттан көрдөспүттэрэ: «Айыы Тойон, Эн киһи сүрэҕин курдаттыы көрөҕүн. Бу иккиттэн кими талан ылбыккын, Иуда барыахтаах сиригэр бараары сүтэрбит Апостоллыыр сулууспатын кинилэртэн хайаларыгар биэрэргин ыйан көрдөр».
Киһи сүрэҕин курдат билэр Таҥара син биир биһиэхэ курдук кинилэргэ эмиэ Сибэтиэй Тыыны бэлэхтээн, кинилэри ылынарын көрдөрбүтэ.
Таҥараттан туох да кистэнэр кыаҕа суох, айбыта барыта Киниэхэ, ытыска уурбуттуу, аһаҕастык ырылыччы көстөн турар: биһиги тугу оҥорбуппутун барытын Кини иннигэр отчуоттуохпут.
Оҕолорун эмиэ имири эһитэлиэм; оччоҕо сиэркэп эрэ барыта Мин киһи сүрэҕин-быарын Курдат Көрөөччү буоларбын билиэҕэ. Хас биирдиигитигэр тугу оҥорбуккутунан көрөн төлүөм.