6 Иисус «Мин бу баарбын» диэбитигэр кинилэр кэннилэринэн чугурус гынан, сууллан түспүттэрэ.
Айыы Тойону мин кэтэһэбин, дууһам Кинини кэтэһэр, Кини тылыгар мин эрэнэбин;
Көмө көрдөһөн Эйигин ыҥырдахпына, икки илиибин Эн сибэтиэй Дьиэҕэр өрө ууннахпына, иһит дуу мин ааттаһар саҥабын.
Алгыс буоллун Айыы Тойоҥҥо, Израиль Таҥаратыгар, үйэттэн үйэҕэ диэри. Аминь, аминь.
«Иисус Назорейы», – дэспиттэрэ кэлбит дьон. «Мин бу баарбын», – диэбитэ Иисус. Кинини таҥнарбыт Иуда эмиэ олору кытта турара.
Иисус иккиһин: «Кими көрдүүгүт?» – диэн ыйыппыта. «Иисус Назорейы», – диэбиттэрэ.