40 Бары эмиэ күргүөмүнэн: «Ити Киһини буолбатах, Варавваны босхолоо!» – диэн үөгүлэспиттэрэ. Варавва ороспуой этэ.
Онтон Иисус кэлбит дьоҥҥо эппитэ: «Эһиги Миэхэ, ороспуойу тутардыы, болоттонон, үөрбэлэнэн кэлбиккит. Мин күн аайы Таҥара Дьиэтигэр олорон үөрэтэрим да, эһиги Миигин туппатаххыт.
Ол саҕана хаайыыга Варавва диэн киэҥник биллибит хаайыылаах сыппыта.
Онуоха Пилат Варавваны босхолообута, оттон Иисуһу кымньыынан таһыйтаран баран кириэскэ тиирдэрэ биэрбитэ.
Онон Пилат норуот санаатын табаары, кинилэргэ Варавваны босхолообута, оттон Иисуһу таһыйтаран баран, тиирэн өлөрөргө биэрбитэ.
Ол саҕана буолбут өрө турууга дьону өлөрөн, биир санаалаахтарын кытта хаайыллан сытар Варавва диэн киһи баара.
Көрдүүр киһилэрин – аймалҕаны таһаарбытын, киһини өлөрбүтүн иһин хаайыллыбыт Варавваны – Пилат босхолообута, оттон Иисуһу кинилэр илиилэригэр биэрбитэ.