25 Симон Петр тиэргэҥҥэ иттэ турбута. Ол турдаҕына: «Эн эмиэ Кини үөрэнээччитэ этиҥ буолбат дуо?» – диэн ыйыппыттара. Петр мэлдьэһэн: «Эчи суох», – диэн хоруйдаабыта.
Ким дьонтон куттанар, ол угаайыга киирэн биэрэр, оттон ким Айыы Тойоҥҥо эрэллээх, ол көмүскэллээх.
Оттон Петр тас тиэргэҥҥэ олорбута. Биир чаҕар кыыс киниэхэ чугаһаан кэлэн: «Эн эмиэ Галилея Иисуһун кытта сылдьарыҥ», – диэбитэ.
Петр аллара тиэргэҥҥэ олордоҕуна, архиерей чаҕар кыргыттарыттан биирдэстэрэ чугаһаан кэлэн,
Тиэргэн ортотугар кулуһун оттубуттарыгар дьон уот тула олорбуттара, Петр кинилэр аттыларыгар олорбута.
Биир чаҕар кыыс кини уот таһыгар олордоҕуна, одуулаһан баран: «Бу киһи эмиэ Кинини кытта сылдьара», – диэбитэ.
«Мин Кинини билбэппин», – диэн Петр кыккыраччы мэлдьэспитэ.