17 Халҕан ааны харабыллыыр кулут дьахтар Петртан: «Эн эмиэ ити Киһи үөрэнээччитэ этиҥ буолбат дуо?» – диэн ыйыппыта. «Эчи суох», – диэбитэ Петр.
«Бары да Эйигиттэн тэйбиттэрин иһин, мин хаһан да тэйиэм суоҕа!» – диэбитэ Петр.
Иисуһу тутан архиерей дьиэтигэр илдьибиттэрэ. Петр ыраахтан батыһан испитэ.
Петр тиэргэҥҥэ киирэр халҕан аан таһыгар туран хаалбыта. Онтон архиерейы билэр үөрэнээччи тахсан аан харабыла дьахтарга этэн, Петры иһирдьэ киллэртэрбитэ.
Симон Петр тиэргэҥҥэ иттэ турбута. Ол турдаҕына: «Эн эмиэ Кини үөрэнээччитэ этиҥ буолбат дуо?» – диэн ыйыппыттара. Петр мэлдьэһэн: «Эчи суох», – диэн хоруйдаабыта.
«Иисус Назорейы», – дэспиттэрэ кэлбит дьон. «Мин бу баарбын», – диэбитэ Иисус. Кинини таҥнарбыт Иуда эмиэ олору кытта турара.
«Эһиэхэ эттим ээ: Мин бу баарбын, – диэбитэ Иисус. – Миигин көрдүүр буоллаххытына, атыттары тыытымаҥ, бардыннар». (
Аһыы олордохторуна, Иисус Симон Петртан ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин кинилэрдээҕэр ордук таптыыгын дуо?» «Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». Иисус эппитэ: «Мин барааннарым оҕолорун манаа».
Петр олбуор аанын тоҥсуйбутугар Рода диэн дьиэ үлэһитэ кыыс ким кэлбитин билэ тахсыбыта.