Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 17:7 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

7 Эн Миэхэ биэрбитиҥ барыта Эйиэнэ буоларын кинилэр билигин дьэ өйдөөтүлэр;

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 17:7
11 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ол күн эһиги Мин Аҕабар, эһиги Миэхэ, Мин эһиэхэ баарбын билиэххит.


Аҕабар туох баара барыта – Миэнэ, ол иһин Мин этэрбин эһиэхэ иһитиннэриэҕэ диэтим.


Миэнэ барыта – Эйиэнэ, Эйиэнэ эмиэ Миэнэ; Мин албан аатым килбиэнин кинилэр көрдөрдүлэр.


Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар.


Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.


Ол иһин эппитэ: «Киһи Уолун үөһэ таһаардаххытына, бу Мин буоларбын итиэннэ Бэйэбиттэн тугу да оҥорбоппун, Аҕам үөрэппитин курдук этэрбин билиэххит.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ